Локальные нормативные акты

Биир ойунэн – санаанан улэ.

10 января [ср]

Биир ойунэн – санаанан улэ.

Сэтинньи 28 кунугэр биьиги о5о саадпытыгар Верхоянскай орто оскуолатын алын суьуох учууталларын кытта былаанаммыт корсуьуугэ тогурук остуол тула олорон, ирэ – хоро кэпсэтэн, санаалары уллэстэн, инники ыытыллыахтаах улэбитин торумнаатыбыт. Ол курдук оскуола оттуттэн -  метод тумсуу Слепцова Екатерина Ивановна салайааччылаах, маннайгы уонна иккис нуомэрдээх о5о садтарын иитээччилэрэ буоламмыт, о5о иитиитигэр улахан суолталаах эбии уорэхтээьин (куруьуок) улэтин оссо хайдах ситимнээхтик, таьаарыылаахтык сайыннарыахха, улэлиэххэ собуй диэнинэн сирдэтэн аьа5ас кэпсэтии та5ыста. Учууталларга о5о биьигин иитээччилэрэ бэйэлэрин ыытар куруьуоктарын туьунан билиьиннэрдилэр.

Бастакынан Мария Гаврильевна Слепцова маннайгы нуомэрдээх сад иитээччитэ детсад улэтин кыратык сырдатта. Онтон Ирина Васильевна Стручкова урдук категориялаах иитээччи орто, улахан болохторго «Развивай-ка» (с развивающими играми Фрёбеля) ыытар куруьуогун сурун сыалын – соругун, Фрёбель сайыннарар оонньууларын кытта билиьиннэрдэ.  Манна да5атан эттэххэ, былырыын биьиги уьуйааммыт «Лучший сад Арктики» диэн урдук ааты сукпутугэр, саха сирин уорэ5ириитин министиэристибэтин аатыттан «Дары Фрёбеля» диэн о5ону сайыннарар Фрёбель блогунан биьирэммиппит. Ол Фрёбель немец биллиилээх педагогун методикатын туттан Ирина Васильевна улэлии – хамсыы сылдьар.

Биьиги о5о саадпыт 2018 сылтан «Steam образование» диэн модульнай программа5а уонна апробация5а кыттыыны ылан улэ5э киллэриинэн дьарыктанар, онон 2017 сылтан «ИИДСВ РАО» (институт изучения детства, семьи и воспитания Российской академии образования) кытта ыкса улэлэьэр. Ол чэрчитинэн бэрт куускэ балысханнык сайдан иьэр аныгы олох ирдэбилигэр эппэиттиир сана пособияларынан, оонньуурдарынан детсаадпытыгар сакаастаан ылабыт. Ол курдук, Яна Николаевна Оконешникова улахан, бэлэмнэнии болох о5олоругар  «Лего – конструирование» диэн ааттаах куруьуогар анаан ылыллыбыт араас размердаах лего оонньуурдарынан о5олор собулээн оонньууллар. Онтон бэлэмнэнии болоххо «Мы исследователи» диэн куруьуогу урдуку категориялаах иитээччи Слепцова Елена Алексеевна салайан ыытар. О5олор куттарын туппут собулуур иитээччилэрэ бэрт ситиьиилээхтик улэлии сылдьар. Кыра болоххо эдэр, кэскиллээх инникигэ элбэ5и эрэннэрэр иитээччибит Юлия Егоровна  «Маленькие логики» диэн Дьенеш логическай блоктарын туттан, о5о бол5ойон истэр, толкуйдуур дьо5урун сайыннарарга анаммыт Дьенеш методикатын туттан коллегаларыгар о5о оруолун толорторон оонньоппутун бэрткэ биьирээн кордубут. О5о биьигин саамай кыра боло5ор Горохова Матрена Петровна  улэлиир. Кини дьааьыла саастаах кыра о5олорго анаан «Поиграй-ка» дидактическай оонньууларынан кыра о5о истэр, корор, тутан бигээн корор дьо5урдарын туьанан  тарбах былчыннарын сайыннарыыга араас оонньуулары туьанарын кэпсээтэ. Ол кэнниттэн Верхоянскай куорат иккис нуомэрдээх иитээччилэрэ Анна Трофимовна, Мария Иннокентьевна презентация комотунэн  бэйэлэрин кружковай улэлэрин сырдаттылар.

Онтон оскуола алын суьуо5ун учууталлара бэйэлэрин илдьэ сылдьар кружковай улэлэрин туьунан сиьилии кэпсээтилэр. Аныгы о5о компьютер, сотовай телефон, телевизор иннигэр олорон элбэх бириэмэтин аныырын бэлиэтээтилэр. О5о санарар санатын сайыннарыыга, словарнай саппааьын байытыыга, кэпсэтэр, кэпсиир дьо5уругар улахан бол5омто ууран ыкса улэлиэххэ диэн этии киллэрдилэр. Кэнники кэмнэ о5о чуолкайдык санарарыгар улахан бол5омто ууран, куорат иьинэн биир логопед штата коруллэрэ буоллар диэн ба5а санаабытын этэммит биир тумуккэ кэллибит. Метод тумсуу салаайааччыта Екатерина Ивановна П.А.Ойуунускай  125 сыллаах юбилейыгар анаммыт мероприятияларыгар бэлэмнэнии болох о5олорун ынырда. Ол ынырыыны ылынан бэрт киэн далааьыннах Ойуунускай айымньыларыгар оло5уран туруоруллубут представлениялары, хоьооннору, ырыалары иьиттибит. Платон Алексеевич оло5ун, улэтин туьунан хаартыскалары туьанан кыра саастаах о5о5о ойдонорун курдук уорэнээччилэр бэйэлэрэ кэпсээтилэр,  о5олор интириэстэрин тартылар.

Биьиги о5олорбут уорэх наадатын ойдуур, бэйэлэрин санааларын сатаан этинэр баай тыллаах, сырдыкка тардыьар, ийэ дойдуларын таптыыр, торообут туолбэлэригэр бэриниилээх, саха омук буоларынан киэн туттар, баай дирин историялаах саха норуотун туьунан дирин билиилээх, сырдык ыра санаалаах буола улааталларыгар тороппут, детсад, оскуола бары биир соруктаах  тумсуулээхтик оссо да элбэхтик корсон, бииргэ алтыьан улэлиирбит иннибитигэр турар. 

Суруйда  урдук  категориялаах Вехоянскай бастакы нуомэрдээх о5о саадын  иитээччитэ Аммосова С.И.


Сайт размещён на портале МААМ. Используя МААМ принимаете Соглашение и Обработку данных.